Арай биирдэ, кыһын саҕаланыыта, кырачаан Ньукку аҕатын уонна убайын кытта муҥхалыы барсар. Кини “аптаах” кыһыл үтүлүктээх — ол үтүлүгүн кэтэн бардаҕына, бастакы муҥхатыгар элбиих-элбэх собону тутуохпут диэн итэҕэйэр. Оттон убайа Мичил оннук санаабат. Хата муҥхаҕа баран үтүлүккүн сүтэрэн кэбиһиэн диэн Ньуккуну кытта сакылааттаһар. Ньукку, араас мүччүргэннээх сырыыларын түмүгэр, кырдьык даҕаны, биир “аптаах” үтүлүгүн сүтэрэн кэбиһэн, хомойор… Хата, аҕалара Ньуккулаах Мичили эйэлэһиннэрэр суолу тобулар. Ньукку, санаата көтөҕүллэн, муҥханы үөрэ-көтө түмүктүүллэр уонна Эбэ күндү бэлэҕин туталлар…